1971 сыл
Тас көрүҥэ
(Мантан: 1971 көстө)
Сыллар |
---|
1967 1968 1969 1970 — 1971 — 1972 1973 1974 1975 |
Уоннуу сыллар |
1940-с 1950-с 1960-с — 1970-с — 1980-с 1990-с 2000-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1971 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 28 — Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтэ Өймөкөөн улууһугар хотугу норуоттар экэниэмикэлэрин уонна култуураларын сайыннарыы хайдах баран иһэрин туһунан уураах ылыммыт.
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 26 — Илин Пакистаан Бангладеш диэн ааттаммыт уонна Пакистаантан тутулуга суоҕун биллэрбит, босхолонор сэрии саҕаламмыт.
- Кулун тутар 30 — Саха сириттэн үс киһи Социалистыы Үлэ Дьоруойа буолбуттар: Аллаах-Үүн шахта «Сиэллээх» учаастагын начаалынньыга Николай Горковенко, «Сангарскай» шахта маастар–взрывнига Петр Кочнев, Аллараа Кураанах бульдозериһа Павел Новгородцев.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 5 — Михаил Сергеев (06.10.1926 төр.), «Якуттяжстрой» тутуу управлениетын 1 №-дээх СУ слесардарын биригэдьиирэ Социалистыы Үлэ Дьоруойа буолбут.
- Муус устар 8 — Амма оройуонун Бөтүҥ сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлэ Анна Васильева (14.12.1916—1992) уонна уонна "Орто Халыма" сопхуос булчута Иван Волков (1925-2010) Социалистыы Үлэ Дьоруойдара буолбуттар.
- Муус устар 9 — «Якуталмаз» холбоһук иккис баабырыкатын силиэсэригэр Сергей Коростелевка уонна «Мир» карьер эскэбээтэрин массыньыһыгар Николай Титовка Социалистыы Үлэ Дьоруойун аата иҥэриллибит.
- Муус устар 19 — «Салют» диэн бастакы орбитаҕа куруук көтө сылдьар ыстаансыйа куйаарга көппүт.
- Муус устар 20 — Саха Сиринээҕи геология управлениетын (ЯТГУ) начаалынньыга Иван Ворона (төр. 07.11.1930) Социалистыы Үлэ Дьоруойа ааты ылбыт. Бу кэнниттэн сотору кэминэн ССРС геологияҕа министиэристибэтин миниистири солбуйааччынан анаммыта.
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 7 — Лиэнскэй Нөөрүктээйититтэн төрүттээх ойуур үлэһитэ Кирилл Попов Социалистыы Үлэ дьоруойа буолбут. Сэрии кэмигэр разведкаҕа отделение хамандыырынан сулууспалаабыт киһи. Оҕото ахтарынан, сэрии туһунан наһаа хараастан кэпсиирэ, сэриилээх киинэлэри отой сөбүлээбэтэ үһү. Кулаактаммыт аҕатын туһунан ыйбатаҕын иһин 60-с сылларга баартыйатыттан уһуллубут, дуоһунаһыттан ууратыллыбыт түгэннээх эбит.
- Ыам ыйын 11 — ХНТ генеральнай сэкиритээригэр 23 дойдуттан 2200 билим уонна култуура диэйэтэллэрэ илии баттаабыт суруктара киирбит. Бу сурукка кинилэр тулалыыр эйгэни киртитии омсотун быһаарбыттар. Биир сыл буолан баран (1972 сыл бэс ыйын 5 күнүгэр) устуоруйаҕа аан бастаан тулалыыр эйгэҕэ аналлаах ХНТ кэмпириэнсийэтэ ыытыллыбыт.
- Ыам ыйын 14 — Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ график худуоһунньук Валериан Васильевка анаммыт.
- Ыам ыйын 18 — Өймөкөөн оройуонун Аартык бөһүөлэгэр бөдөҥ сир хамсааһына буолбут. Саха сирин аныгы устуоруйатыгар буолбут икки бөдөҥ сир хамсааһыннарыттан биирдэстэрэ. М = 7,1. Эпицентра Черскэй сиһин уонна Үөһээ Ньара впадинатын кирбиилэригэр этэ, 22 км дириҥҥэ сытара. Эпицентрга күүһэ 9 баалтан итэҕэһэ суоҕа диэн сабаҕалыыллар. 250 тыһ. кв. км иһинэн сир үрүт араҥатыгар алдьаныылар буолбуттара (грунт сыҕарыйыыта, оползень, таастан уонна уулаах бөхтөн турар сель). Эпицентртан хотугулуу-арҕаа сытар Аартык бөһүөлэккэ киин хочуолунай турбатын төбөтө 3 м амплитудалаах биэтэҥнээбитэ. Автобаза сыахтарын вентиляциятын турбалара 3 м үрдүктэн сууллубуттара. Дьиэлэр эркиннэрэ курдары хайыта бараттаабыттара, оһохтор хайдыбыттара. Хамсааһыны Саха АССР, Магадаан уобалаһын уонна Хабаровскай кыраай киэҥ сирдэригэр билбиттэрэ[1].
Олунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 2 — Рамсар куоракка (Ираан) көтөрдөр үөскүүр бадарааннаах сирдэрин харыстыыр туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаммыт.
- Олунньу 5 — «Аполлон-14» астронавтара Ыйга түспүттэр.
- Олунньу 8 — Америкаҕа NASDAQ биирсэтигар атыы-эргиэн саҕаламмыт. Билигин бу биирсэҕэ үрдүкү технологиялаах хампаанньалар аахсыйалара атыыланаллар.
- Олунньу 21 — Австрия киин куоратыгар Венаҕа Уйулҕаҕа дьайар (психотропнай) бэссэстибэлэр тустарынан конвенцияҕа илии баттаммыт.
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 5 — ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтэ Ижевскай куоракка Удмурт судаарыстыбаннай үнүбүрсүөтүн тэрийэр туһунан уураах таһаарбыт.
- Кулун тутар 12 — Вилюйгэсстрой СМУ монтажниктарын биригэдьиирэ Михаил Дьячекка (01.10.1928 төр.) уонна монтажник Алексей Новолодскайга (30.3.1930 төр.) Социалистыы Үлэ Дьоруойа аат иҥэриллибит.
- Кулун тутар 17 сыллаахха Дьокуускайга киинэ артыыстара ыалдьыттыы кэлбиттэр: Б. Андреев, М. Ладынина, Л. Смирнова, Нонна Мордюкова, Л. Хитяева, З. Кириенко, Л. Шаглова уонна Армения народнай артыыһа Гурген Тонунц. Режиссер А. Смирнов уонна сценарист В. Трунин «Белорусский вокзал» диэн ааттаах саҥа уус-уран киинэлэрин аҕалбыттар. Артыыстар Алдаҥҥа уонна Миирнэйгэ эмиэ сылдьыбыттар.
Алтынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Алтынньы 1 — «Уолт Дисней Дойдута» (Диснейуорлд) диэн ааттаммыт аан дойдуга саамай улахан көр-нар киинэ Флоридаҕа, Орландо куорат аттыгар аһыллыбыт.
- Алтынньы 1 — Бастакы көмпүүтэр томограбын көмөтүнэн ыарыһаҕы көрбүттэр.
- Алтынньы 19 — Ниуэ арыы норуота куоластаан дойдуларын бэйэтин дьаһанар сир оҥорбуттар, бу күн конституция ылыныллыбыт. Бу кырачаан дойду (2017 с. ааҕыныы түмүгүнэн 1784 киһи олорор) Саҥа Зеландияҕа киирэр, онон баһылыгынан Британия королевата ааҕыллар, Саҥа Зеландия кини аатыттан аан дойдуга дипломааттыы сыһыаны олохтуур. Ол эрээри, Ниуэ иһигэр туспа сокуоннаахтар, хас үс сыл буола-буола 16 муниципалитет дойду түмэнигэр бэрэстэбиитэллэрин талаллар, ХНТ-га чилиэн быһыытынан толору киирбэтэр да, дойду бэрэстэбиитэллэрэ ХНТ сорох тэрилтэлэригэр киирэллэр уонна ХНТ мунньахтарыгар ыҥырыллаллар. Олохтоохторун 11 бырыһыана ааҥыллыы эрэ, 46% ниуэ эрэ тылынан саҥараллар, 30% — икки тылынан тэҥҥэ кэпсэтэр.
- Алтынньы 25 — ХНТ-га Кытай Дьон Өрөспүүбүлүкэтэ Кытай Өрөспүүбүлүкэтин (Тайваны) солбуйбут.
Сэтинньи
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сэтинньи 14 — НАСА автоматическай аппарата Маринер-9 Марс орбитатыгар тахсыбыт, инньэ гынан атын планета орбитатыгар тахсыбыт бастакы искусственнай аргыс буолбут. Маринер-9 сыл кэриҥэ үлэлээн Марс ньуурун 85 %-ын хаартыскаҕа түһэрбит. Хаартыскаларга куурбут өрүстэр сүнньүлэрэ, кратердар, сүүнэ улахан вулканнар (холобура, Күн систиэмэтин саамай үрдүк вулкана Олимп), каньоннар, тыал уонна уу эрозиятын сибикилэрэ, пласттар хамсааһыннара, атмосфера фроннара, туман уо.д.а. интэриэһинэй планета ньуурун чымпыктара көстүбүттэр.
- Сэтинньи 15 — «Intel» фирма бэйэтин бастакы микропроцессорын — 4004 модели — таһаарбыт. 1990-с сыллартан ыла Intel аан дойду микропроцессор ырыынагын баһылыыр.
Ахсынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы 2 — Сэбиэскэй Сойуус станцията «Марс-3» аан дойду устуоруйатыгар бастакынан Марс ньууругар олорбут.
- Ахсынньы 14 — Бангладеш босхолонор сэриитэ: Илин Пакистааҥҥа 200-тэн тахса үөрэхтээҕи ытан өлөрбүттэр.
- Ахсынньы 20 — Кыраныыссаны билиммэккэ дьоҥҥо көмөлөһөр «Кыраныыссата суох быраастар» диэн тэрилтэни Бернар Кушнер уонна суруналыыстар бөлөхтөрө Парижка тэрийбит.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 18 — Хосеп Гвардиола — Испания футболиһа, тренерэ, 1992 сыллааҕы Олимпия оонньууларын чөмпүйүөнэ.
- Ыам ыйын 21 — Борисов Андриан Афанасьевич — история билимин доктора.
- Ыам ыйын 30 — Прокопьева Прасковья Егоровна - педагогическай билим кандидата
- Бэс ыйын 9 — Варламов Александр Николаевич — филология билимин кандидата.
- От ыйын 17 — Саина, дьиҥ аата Екатерина Саввинова - саха ырыаһыта.
- Балаҕан ыйын 3 — Николаев Александр Петрович — история билимигэр кандидат.
- Балаҕан ыйын 25 — Жегусов Юрий Иннокентьевич — социология билимин кандидата.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- От ыйын 30 — Рожков Иван Сергеевич (1908 - 1971), учуонай, геолог, 1957 - 1964 сыллардааха ССРС НА Сибиирдээҕи филиалын Саха сиринээҕи филиалын Президиумун бэрэссэдээтэлэ.
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ К.К. Стручков, В.Н. Рукович, М.Л. Мельцер Геология: пособие для школьников: в 2-х т.. — Якутск: Сайдам, 2005, 2008. — Т. 1. — С. 86. — 240 с. — 3000 экз. — ISBN 5-98671-011-8